Сылаас тыал (сл. С.Данилов, Г.Сосина, мел. С.Ченянов) (исполнитель: Snow voice)
Сылаас тыал иэдэспин бигиирин Эн тыынын кэлэр дии саныыбын Өрүллэр сүүрүктэр тыастарын Эн көмүс куоласкар холуубун Хараҥа кэрэ да киэһэлэр Халлааҥҥа сулустар хойдоллор Эйиигин кинилэр, кинилэр Этэргэ кэпсииргэ дылылар. Кынаттаах буолларбын бүгүн мин Эн суолларгын сонордуу көтүөҕүм, көтүөҕүм Им сүтэр, күн киирэр түгэнин Чыпчаалга олорон көрсүөҕүм. Халлааҥҥа сурулуу көтөммүн Эн ааккын киэргэтэн суруйуом, суруйуом Харахха көстүбэт үрдүктэн Эн кэрэ мичээргин хоһуйуом. Өскөтүн мэник тыал буолларбын Эн ааспыт аартыккын таарыйыам, таарыйыам Салама ыйаабыт хатыҥҥын көрөммүн Сурэхтиин манньыйыам Өскөтүн мин ардах буолларбын Эн эрэ ыырдаргар таммалыам, таммалыам Эн ааспыт суолларгын батыһа Эн көмүс мөссүөҥҥэр төҥкөйүөм Ол түһэр таммахтыын ытаһан Туолбатах ырабар сууланыам, сууланыам Эн киирбит Сахалыы Алаһаҥ ааныгар иҥнэммин санньыйыам. Семен Данилов, Галина Сосина тыллара, Семен Ченянов мелодията