Эйиэхэ аныыбын (исполнитель: Александр Самсонов (Айыы Уола))

Александр Самсонов – Айыы Уола тыллара

Айылҕа чочуйбут оҕото буоламмын
Бу орто дойдуга ыллаары кэлбитим,
Кэрэни, үөрүүнү бэлэхтиир баҕаттан,
Бу ырыам тылларын эһиэхэ аныыбын.

Хос ырыата:

Ханна да, ханна да
Буолларбын ыллыаҕым, 
Мин тыыннаах тылларбын
Эһиэхэ аныаҕым.

Ыллыаҕым ырыабар сүүрүктээх үрэҕи
Туойуоҕум тойукпар толомон хонууну,
Үрдүк таас хайаны, халыҥ тыа ойууру,
Ханнык да дьыл кэмигэр сүрэхтэн иэйэммин.

Хос ырыата.

Бэлэхтиэм эһиэхэ ып-ыраас халлааны,
Сүрэхтэн кутуллар бу тыыннаах тыллары,
Бэлэхтиэм эһиэхэ кырдьыгы хомуйан,
Олоххо кэрэни, үтүөнү баҕаран.

Хос ырыата.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Memorium Midnight Juggernauts  Лолита секси  Matthew Good Band Load Me Up  Matthew Good Band Suburbia  Adagio Safri Duo  Matthew Good Band Going All The Way  Matthew Good Band Born To Kill  Matthew Good Band Running For Home 
О чем песня
Александр Самсонов (Айыы Уола) - Эйиэхэ аныыбын?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен