Марш спортсменов (исполнитель: Лэгэнтэй)
Тулуур,күүс,ис турук Сахаҕа да баар эбит, Куттаммат да уолуйбат Санаалаах элбэх эбит. Кыайыы өрөгөйүн үрдүктүк сыаналыыр, Күөн күрэс былдьаhыытын эрэ айхаллыыр, Кытаанах туруктаах,дьарыгы тулуйар Уол омук ыччата куруук инники. Сарсыҥҥы үтүө түгэн бигэ эрэли, Иннибит хоту өссө күүскэ хардыыны Оҥорор буолбуккун,табыллан үүммүккүн, Бастыҥтан бастыҥнара эн эбиккин. хос ырыата: Бүтэhик күүскэ эрэл баар Эн ситиэҕиҥ,эн охторуоҕуҥ! Сылайбыккын да сэрэйэбин Эн кыайыаҕыҥ,эн үрдүөҕүҥ! Өйдөөҕү баhыйар булугас толкуйдаах, Сымсаны самнарар сылбырҕас санаалаах Урааҥхай удьуорун өссө биир оҕото, Атын да омуктуун биир тэҥҥэ хардыылаа. Yрүҥ Аар Тойон ытыhыгар олохпут, Дьонтон ураты бэлиэ талаан анаабыт Дьоhуннаах буоларгар, дьыаланы ситэргэр Дьиҥ чахчы талаан булан киhи оҥорбут Тулуур,күүс,ис турук Сахаҕа да баар эбит. Куттаммат да уолуйбат Санаалаах элбэх эбит.