Олус уратыбыт (исполнитель: Таман)
"Олус уратыбыт" 1. Эн биhи иккиэн наhаа да атыммыт Сирдээх халлаан курдук олус уратыбыт Ол да буоллар ыраах тэйэ бардахпына Миигин угуйаҕын төптөрү тардаҕын Х/ы Эйигин сибэкки гынан Мин сатаан үүннэрбэппин Эн миигин чаҕылхан буолан Син биир тоҕо түспэккин Уҥа-хаҥас кытылларга Олох ортобутугар Өрүс буолан оргууй устар 2. Эн биhи иккиэн наhаа да атыммыт Муус тымныы, уот сылаас курдук уратыбыт Хайа да кэмтэн эн күhүнү таптыыгын Мин сайын сылааhын, саас дьикти сырдыгын