Дойдум миэнэ Сунтаарым (исполнитель: Сиэйэ Уола)
Уоттар миигин угуйа Онно ыраах сирдииллэр. Туман курдат ыҥыра Күлүм-чаҕыл күлэллэр. припев: Дойдум миэнэ Сунтаарым Уотун куруук саныыбын Сунтаар сылаас кутаатын Түөспэр илдьэ сылдьабын. Оҕо сааһым кыымнара Умайаллар Сунтаарга. Кини сарба кыымнара Кытыасталлар ыраахтан. припев:2х Дойдум миэнэ Сунтаарым Уотун куруук саныыбын Сунтаар сылаас кутаатын Түөспэр илдьэ сылдьабын. Сунтаар миигин ыҥырар Соҕурууттан-хотуттан. Сунтаар миигин ыҥырар Аһын астаан, уот оттон. припев:3х Дойдум миэнэ Сунтаарым Уотун куруук саныыбын Сунтаар сылаас кутаатын Түөспэр илдьэ сылдьабын.