Олох дьикти, олус кэрэ (исполнитель: Илья Жирков)
Олох дьикти, олус кэрэ Остуоруйа дойдута, Аанын аhыаҥ таба таайыаҥ Аптаах курдук дьоллонуоҥ. хос ырыата: Олох дьикти олус үрдүк Yөhэ ыттар кирилиэс, Онтон охтуоҥ, сыыhа үктүөҥ Иккис сырыы бэриллибэт. Олох дьикти, олус уустук Оломо суох улуу үрэх, Онно устуоҥ, суолгун булуоҥ Уолан бэрдэ дэтэр буолуоҥ. хос ырыата: Олох дьикти олус үрдүк Yөhэ ыттар кирилиэс, Онтон охтуоҥ, сыыhа үктүөҥ Иккис сырыы бэриллибэт. Олох дьикти, олус уhун, Олоруохха олус кэрэ Дьолуҥ-соргуҥ, төлкөҥ иhин Олор, охсус, аҕал оннуок. хос ырыата: Олох дьикти олус үрдүк Yөhэ ыттар кирилиэс, Онтон охтуоҥ, сыыhа үктүөҥ Иккис сырыы бэриллибэт.