Куорэлээххэ сайын (исполнитель: Куорэлээх ырыаьыт уолаттара)
Хайдах быһааран биэриэхпин билбэппин, Хоһуйуохпун бэйэ тыл эчи тиийбэтин, Дьыала барыта хамсаныытыгар сытар, Ойуулуохпун тылым өһүллүбэт саатар. Биири этэбин туох эрэ атыннаах, Айбыт таҥара ону билэр кыахтаах, Этиэххэ сөп айылҕа кистэлэҥэ, Бары өттутүнэн барытынан кэрэ - Туттара-хаптара,кини хара харахтара, Хас биир оҥорор хардыыта,мичээрдээн ылыыта, Онон тугу да саарбахтыы,толкуйдуу да барбакка Бу кыыска чугаһыахтаахпын, Билэбин миэхэ кини наадатын. хос ырыата: Кини тугунан да маарыҥнаабат атыттарга, Хайдах да хатыламмат соҕотох бу дойдуга, Кини ураты букатын,билэммин этэбин атынын, Ол иһин кинини таптыыбын,бу ырыа тылларын аныыбын. Тутула суоххун эн туохтан да, Бас билбэт эйигин ким да, Баҕа санаам барыта эн буолаҕын, Хатылыам хаста да эн эрэ,эн буолаҕын. Билэбин киниэхэ туох эрэ баарын, Барыларын баһыйарын,баһылыырын, Наадыйбат эр киһи көмөтүн, Кинини киэн тутта көрөбун. Сөҕөбүн тугу барытын кыайарын, Баҕарбытын оҥорор кыахтааҕын, Ол курдук бу кыыс туһунан Билигин ыллардым барытынан. Сахам сирин кэрэ көстүүтэ, Айылҕам саас уһуктан тупсубут дьүһүнэ, Элбэх уол эйигиттэн өйө суох барар, Кииристим мин эмиэ олор быыстарыгар. Хайа да кыыс холобур оҥостор эйигин, Барытын эн бэйэҥ бу сиргэ ситистиҥ, Эн уордуҥ мин сүрэхпин,сүрэхпин уордуҥ, Тапталым тыыннаах иччитэ эн буоллуҥ.