Ферма кыргыттара (исполнитель: Неизвестен)
Билэр дьонум доҕотторо Биэс бэһиэлэй кыргыттары Үөрэ даҕаны мин көрдүм Үүт-Көлүйэ ферматыгар. Хос ырыата: Көрүүй хайдах курдук көрө-көрө күлэ Үөрэн мичилиһэ тураллар, тураллар. Тоҕус былас да буолбатар — Тохтор долгун суһуохтаахтар, Туйаарыма Куо да буолбатар — Туналҕаннаах ньуурдаахтар. Хос ырыата. Хатыҥ буолан наскылдьыһан Ханыылаһан тахсаннар, Сайыҥҥы күнү сайыһа Сайдыы-сайдыы хаамсаллар. Хос ырыата.