Сибэккилэр (исполнитель: Ый Кыыһа)
Кустук араас өҥүнэн оонньууллар Кэрэчээн бэйэлээх сибэккилэр, Сүрэҕим үөрүүтүн үллэстэллэр, Күннээҕи олохпун киэргэтэллэр. Хос ырыата: Сибэккилэр, сибэккилэр, Сибэккилэр мин тэлгэһэбэр Сиэдэрэй ойуу-бичик буоланнар Үҥкүүлүүллэр мин тулабар. Ийэ сири симиир сибэккилэр Олус ырааскыт эһи, намчыгыт, Көмүскэли эрэ эрэйэҕит, Оҕолорбун миэхэ санатаҕыт.