Кэрэ кыыс (исполнитель: Семен Корякин)
Сибэкки курдук, нарын намчы кыыһы мин Сөбүлээн көрөн сүрэхпэр киллэрбитим Арай тоҕо эрэ тэйиччи туттаҕын Кыбыстар курдук мөссүөҥҥүн кистиигин Эн олус кэрэҕин, итэҕэй мин эдэрбин Эйиигин көрдөрбүн долгуйан да ылабын Саатар кыра да эрэли эн биэриий Хайдах гынаммын эн тапталгын табабын Эн сырдык хараҕын, эн нарын мичээрин, өйбүттэн көппөт, сүрэхпиттэн сүппэт, эйигин саныыр санаам сүтүө суоҕа, миэхэ соҕотох эрэлим буолаҕын... Билбэппит бу кэннэ мин хайдах буоларбын Эн эрэ эрэлгин мин олох ситиспэтим Билсибит күммэр дьоллоохпун да дэммитим Сыыстарбыт эбиппин, олустук хомойдум Билигин эн санаан, сыһыанын олох атын Эн биһи суолбут бииргэ сатаан холбоспот өссө да элбэх күнү соҕотох атаарыам Мин өйбөр өрүүтүн хатанан хаалыаҕын вк кан