Үрүмэччи маҥан ат (исполнитель: Анатолий Бурнашев)

Түөрэм үктэ туйахтаах,
Төлөннөөх сындыыс тыыннаах,
Үстүйэлиир сүнньүөхтээх
Үүттүйэлиир күрүөнү
Үрүттэрин үрдүнэн
Өрөкүйэн көстөөхтүүр
Үрүмэччи маҥан ат
Үчүгэйин баҕаһын.

Муҥурдара биллибэт
Буолунайдыыр сонуокка
Бурдуктарбыт ыһыыта
Муҥутаахтыыр кэмигэр
Бостуруоҥка тардыыга
Бокуой биэрбэт уохтардаах
Үрүмэччи маҥан ат
Үчүгэйин баҕаһын.

Барҕалара биллибэт
Баһыылардаах уолбаҕа
Манчаарылыыр оттору
Массыынанан охсорго
Бааралааҕын булбатах
Барҕа баһаам барыылаах
Үрүмэччи маҥан ат
Үчүгэйин баҕаһын.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Чкалов  Элизиум оптимизм  Мое фото раскупят  Хип хоп легенды  Ленин -самотык  Канцлер ги песня первого  Уходи не жди не надо  Он уходил она вслед кричала 
О чем песня
Анатолий Бурнашев - Үрүмэччи маҥан ат?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен