Саха омук уолаттара (исполнитель: Айхаана)

Рустам Хон тыл. уонна мел.

"САХА ОМУК УОЛАТТАРА" 

1 ырыа:

Саха омук хоһуун уолаттара, 
Иннин диэки хорсуннук хаамаллар,
Хараҥа күүстэртэн чаҕыйбаттар,
Хааннарын тоҕортон толлубаттар.

ХОС ЫРЫА:

Саха омук уолаттара 
Дьиҥнээх саха чулуулара
Сырдык олоҕу батыhыҥ
Куhаҕантан киэр хайыһыҥ!

Саха омук уолаттара 
Дьиҥнээх саха хоhууттара
Сайда турун куруутун
Инники буолун өрүүтүн!

2 ырыа:

Саха омук сэмэй уолаттара 
Куhаҕан дьаллыкка ылларбаттар,
Кэрэҕэ сырдыкка талаhаллар, 
Инники олохпутун түстүүллэр.

ХОС ЫРЫА

3 ырыа:

Бары бииргэ буолуоххайыҥ!
Бары күүhү холбуоххайыҥ!
Саха омук сайдар суолун
Бука бары түстүөххэйиҥ!!!

ХОС ЫРЫА

4 ырыа:

Ытааччылар эрэ бэргэннэрэ,
Атахтаахтар эрэ түргэннэрэ,
Тустуук мадьыҥа күүстээхтэрэ,
БУ БАРЫТА БИhИЭННЭРЭ!!!

ХОС ЫРЫА (Иккитэ хатыланар)
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Сердце-Магнит Полина Смолова  По телефону шептать до боли  Anne Briggs Let No Man Steal Your Thyme  Anne Briggs Rosemary Lane  Anne Briggs Blackwater Side  Anne Briggs The Snow It Melts the Soonest  Anne Briggs Willie O Winsbury  Anne Briggs Young Tambling 
О чем песня
Айхаана - Саха омук уолаттара?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен