Саха Сирин Өрөгөй ырыата. Республика Саха (Якутия) (исполнитель: Сахалар)
Сахам сирэ дьоллоох тускуга
Саһарҕалыы ыҥыра ыллыыр.
Илинтэн арҕаа ол кустуга
Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр.
Хос ырыата:
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн-өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!
Хос ырыата.
Үллэр үөстээх Өлүөнэ Эбэ
Өлбөт мэҥэ угуттуур уулаах.
Элбэх омукка эрчим эбэр,
Или-эйэни олохтуур уохтаах.
Хос ырыата.
Ааспыт кэммит айхаллаах суола
Арчылыыр аар алгыһын биэрдэ.
Сахабыт сирэ дьоһун, дуолан
Сайдыы аартыгар түөрэҕэ түстэ.