Дьылҕам сибэккитэ (исполнитель: Замир)

1. Сылаас салгын үрэр тыаhа
Дууhабын олус долгутар
Ырыам тыла, матыыба
Кэрэтик даҕаны айыллар
Сэрэнэн илиигиттэн сиэтиэм
Таптыырбын сиhилии кэпсиэм
Дьолунан туолбут уйан дууhам
Таптал ырыатын ыллатар
Утары көрөртөн кыбыстан умса туттан 
Таптыыбын диэн этиэм

Х/ы Куруук кыраттан дьоллонон
Өрүүтүн аттыгар буолуом
Сүрэхпэр кырдьыгы холоон
Эйигин талбытым бу олоххо

2. Эн тапталыҥ миэхэ ордук
Сүрэхпэр букатын олоҕурбут
Күн сылааhа, сырдыга
Айылҕа уларыйар дьыла
Эн оннук кэрэҕин миэхэҕэ
Дьылҕа биэрбит сибэккитэ
Көтө дайаар ыраахха
Ыра санаам кыната
Утары көрөртөн кыбыстан умса туттан
Таптыыбын диэн этиэм
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Инженеры  John Coltrane Love  The Last Time Janis Joplin  Просто я тебя люблю фруктовый кефир  Я ТЕБЯ ОТВОЮЮ  Песня на выпускной родителям 
О чем песня
Замир - Дьылҕам сибэккитэ?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен