Бу биhи (исполнитель: Кэскил Баишев)
1. Эдэрдии сүүрэр-көтөр Элэҥнэс саастарым Күлүм гына тыгалларын Күлэ-үөрэ көрсөммүн Күн сырдыгын мин биллим Көҥүл кынатын ыллым Бу халлааны таптыыбын П-в Күлүмнэс күн уота түспүт Халлаанныын силбэспит Орто туруу дойдуга Сир киhитэ, күн доҕоро - Бу мин, оо, бу биhи, бу биhи 2. Эрчимирдэр этэр-тыынар Тэйэр-ойор кэмнэрим Бэлэх уунар күннэри Бэйэбэр иҥэрэн Сиргэ кэлбиппин биллим Толору дьоллоох эбиппин Бу сири таптыыбын 3. Этэрдиин эдэр киhи Эрэлигэр киллэрэн Эрэйдээх кэмнэргэ Бэлиэтии тылларбын Итэҕэйэн истэҥҥин Бэйэҕэр биллэргин Ырыабыт ыллыаҕа