Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
1. Тоҕо эрэ ордорбутум Тоҥу хаары оймуурбун Бэйэм эрэ тобулбун Бэргэн суолбун тыырарбын Дьылҕам кылба саҕаҕар Кыайыы күнүн түстүүрбүн Өрөгөй үрдүк чыпчаалыгар Өрүү ытта сатыырбын Х/ы Күүстээх ситэр санаанан Салайтарыам этэ дуу Yүнэр сайдар хардыыга Умса түhүөм этэ дуу 2. Өрүүтүн өрө тутабын Өркөн өйбүнэн көйбүппүн Бэйэм билбит албаспынан Өрө көтөн дайбыппын Өбүгэм биэрбит дьоҕурунан Өрүтэ мөхсөн кыайарбын Иэйэр кутум доҕууругар Иилистэ түhэн ыларбын 3. Сэниэлээх үгүс түмсүүттэн Ордоробун дьиҥ доҕорбун Кыахтаах олох туhугар Сиэрдээх дьолу биэрбэппин Ханнык баҕар түгэҥҥэ Суолтаны өрө тутабын Хардары кэмэ киhигэр Уохпун төлө ыытабын