Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Сүрэҕим эн, айарым абылаҥа эн, Бу киэҥ халлаан Эн эрэ хараххар көстөрө. Ол күн этэ биир сааскы киэһэ, Эйигин тапталым, аналым буоларгын Сэрэммэккэ сүтэрбитим. Хос ырыа: Саҥа күн эйигинэ суох Дьоллоох буолбатын сэрэйэбин, Күөх ыраах халлааны одуулаан Эйигин саныыбын, ахтабын. Сүрэҕиэм өссө да уоскулаҥы Билбэт, билбэт, билбэт... Билэҕин эн, ол дьикти күһүҥҥү кэм Эргиллибэтин, төннүбэтин... Ол эрэн мин, сарсыарда уһуктан, мин Сырдыкка дайабын, күнтэн мин үөрэбин, Сүрэҕим ырыатын ыллыыбын. Хос ырыа.