Кунду Миэхэ Эн Эрэ Аатын (исполнитель: Jeada)
Диана, тапталбын кыайан тылбынан эппэтим, ырыабар эрэ эрэнэ хаалабын..." Диана Эн билэҕин миигин, ол эрээри эн санааҕын эт, Аахайбаккын, көрсүү ахсын этиҕин арай "привет" Мин өрө көрөн хаалабын, ол эрээри кистиибин тапталбын, Эйиигин эрэ талабын, хайа буруйум иһин мин таптыыбын, таптаабаккын, ама эн сатаабаккын, астынарбын таайары, остуоруйа да буолбатар, Мин эн тускар өлүөм этэ, хайыам этэй Ырыа айыам, эбэтэр айарбын тохтотуом, Санаа булуом, этиэм эйиэхэ, биири эрэ Эйиигиттэн ким да суох кэрэ... Хос ырыата: Таптыыр киһи хараҕар тапталлааҕа мааны Эн тускар хайа баҕар самнарыам санааны Баҕарабын арылларын эн сүрэҕиҥ аана Күндү миэхэ эн эрэ аатыҥ Хос ырыата Утары көрсөн ылабыт күн аайы кэриэтэ Бэлиэтэ, эйигин эрэ астынабын Jeada этэ Ол бэлиэтэ, уунабын арай санаабын Мин айабын, олорон эн тускар мин кыһанабын Ол эрээри буоларын курдук саарбахтыбын, Бастакы көрбүт хаартыскабар махтанабын Тапталбын барытын түмэбин биир эрэ ырыаҕа, Эрэнэбин, баҕардар ол эрэ миигин абырыаҕа Кыаҕым баарынан мин кистии сатаабытым Мин син, кистии сатаатым, тулуйбатым, этэбин