Сүктэр кыыска алгыс (исполнитель: Василий Новоприезжий)
Сэбирдэх сирбитин бүрүйүө Хаһыҥтан сир аһа үлүйүө Чысхааннаах тымныыбыт кэлиэҕэ Тибиибит суолбутун тибиэҕэ Бу курдук олохпут бүппэтин Кыыс оҕо эрэлэ сүппэтин Кыһыны төҥмокко кыстаатын Үрүҥ уол эйигин таптаатын Үрүҥ уол эйигин таптаатын Сайыны бары кыыс кэтэстэ Ыам ыйга эбэбит дьэ эстэр Эстибит эбэҕэ муус устар Кытылга таптаһар дьон мустар Ол курдук эйиэхэ сылыйдын Үрүҥ уол эн ааккын ааттаатын Үрдүгэр чаҕылхай күн тыктын Үрүҥ уол атынан сырыстын Үрүҥ уол атынан сырыстын Күүстээх тыах былыты аҕалыа Былыппыт этиҥҥэ сатарыа Этиҥмит ардаҕыа ыҥырыа Ардахпыт кустугу таһарыа Ол курдук эйиэхэ чэпчээтин Кэннигэр уол ата кистээтин Айыыбыт үтүөнү оҥордун Үрүҥ уол атыгар олортун Үрүҥ уол атыгар олортун