Эн суолун (минус) (исполнитель: Далаана)
1. Ырыам тылын ханнык тылтан Хоhуйуохпун куттанабын Сатаан эппэт үөскүүр санаа Муҥура суох, эппиэтэ суох. Биллибэккэ ааhар хонук Кэтэhиитин бытаардыма Урсун устун сүүрэр олох Умсулҕанын амсайбыт хаан П-в Бутуйума дуу миигин дууhам Долгутума дуу тапталгынан Хараҕым уутугар бэйэҕин көрбүккэр Күлүк буолан оhон хаалта, Эн суолуҥ мин олохпор... 2. Бүгүҥҥү күн атына диэн Албыннатарга суолта суох Таптыы сатаан, ахта сатаан Сылайдаҕа да сүрэҕим Тулуйбатах иэйиилэрбин Таба таайан эн ылларгын Сылаас тыыҥҥар сыhыараҥҥын Сипсий миэхэ дьиҥ санааҕын