Куьунну ырыа (исполнитель: Антон и Хомус)

Ыраахтан ыллыыр ырыабын
Ыйдаҥа киэһээ ыытабын,
Эйигин саныы саныыбын
Элгээни кыйа хаамабын.

Кэм-кэрдии түргэн да эбит:
Күһүммүт номнуо эргийбит,
Саһарбыт хатыҥ лабаата
Сэбирдэх кыымын тамнаата.

Былырыын күһүн баччаҕа
Баарыҥ дии эн бу чагдаҕа,
Тыыланан иһэн ыллыыргын
Тыыммакка истэр буоларым.

Ол онтон маҥнай тэппитэ
Сүрэхпэр таптал иэйиитэ!
Ол онтон куорсун аспыта
Ыҥырар музам ымыыта.

Көмүһүөм, бүгүн ол тыабын
Кэриэстээн кэлэн турабын.
Эйигин саныы саныыбын
Элгээҥҥэ тааһы тамныыбын.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Мама скучаю  Герои отечества  Люда скучаю  Nils Frahm Familiar  До сих пор тобой живу  Столпы  Club Des Belugas Hip Hip Chin Chin 
О чем песня
Антон и Хомус - Куьунну ырыа?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен