Киниэхэ анаан (исполнитель: Сэргэй)

Күнтэн күннэр барыахтара
Сылтан сыллар ааһыахтара
Өйбөр өрүү хаалыахтара
Кини күлбүт харахтара
Ааспыты санаан уйадыйан
Ол кэми эмиэ эргитэн
Албын санааҕа сиэттэрэн 
Аттыбар баардыы долгуйан

Ыллыыбын киниэхэ анаан
Ырыабар көрүөм дии санаан
Ыллыыбын истиҥ иэйиибин
Ааспатах ыраас тапталбын

Ыллыыбын киниэхэ анаан
Ырыабар көрүөм дии санаан
Ыллыыбын истиҥ иэйиибин
Ааспатах ыраас тапталбын

Эдэр сааһым үөрүүлэрэ
Кинилиин ситимниэхтэрэ 
Эппэр хаамммар иҥмиттэрэ
Кини сахпыт иэйиилэрэ
Кини барбыта миигиттэн
Таптал уотун симэлитэн
Кини төннүбэт иккистээн 
Кини үөрбэт миигиттэн

Ыллыыбын киниэхэ анаан
Ырыабар көрүөм дии санаан
Ыллыыбын истиҥ иэйиибин
Ааспатах ыраас тапталбын

Ыллыыбын киниэхэ анаан
Ырыабар көрүөм дии санаан
Ыллыыбын истиҥ иэйиибин
Ааспатах ыраас тапталбын

Таптал ааспатын сөҕөбүн
Ыар санаа баттыыр төбөбүн
Бэйэм бэйэбэр сөҥөбүн
Куруутун түүһээн көрөбүн
Күнтэн күннэр барыахтара
Сылтан сыллар ааһыахтара
Өйбөр өрүү хаалыахтара
Кини күлбүт харахтара

Ыллыыбын киниэхэ анаан
Ырыабар көрүөм дии санаан
Ыллыыбын истиҥ иэйиибин
Ааспатах ыраас тапталбын

Ыллыыбын киниэхэ анаан
Ырыабар көрүөм дии санаан
Ыллыыбын истиҥ иэйиибин
Ааспатах ыраас тапталбын
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Думай головой Shot  Ishikawa Hideo - Oh My Love  Моя любовь animal jazz  Жаппар  Теплей  Выслцкий  Балалайка Белый День 
О чем песня
Сэргэй - Киниэхэ анаан?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен