Сахам ата (исполнитель: Ваня Трофимов)
Тоҥмот-хаммат сахам ата Тоҥуу хаартан үктэл тэбэр, Тымныы айан иитин көрсөн Оноҕостуу субуруйар. Табыгырас хомус туйах Дууһам кутун ыга тутар, Сахам сирин кыһыҥҥыта Иэдэстэрбин иһэлитэр. Хос ырыата: Кылбаҥнатан сиэлэр, Айаннатан сүүрэр, атым — һат! һат! Сындыыстанан сырсар, Сирилэтэн ситэр, сылгым — Һат! һат! Кэтит, дьоҕус сахам ата Сүрэх-бэлэс мааны дэтэр, Алаас ахсын кымньыылыырбар Эбэн биэрэр, бырдааттанар. Тыбыырара, айааһыыра Силлиэ тыаллыын алтыһаллар, Долгуһутар дьикти түгэн Миэхэ эрэ хатыланар. Хос ырыата: Дьоруолатан ойор, Долгуһутан көтөр, атым — һат! һат! Дьигиһитэн дайар, Бурҕаҥнатан куотар, сылгым — Һат! һат!