Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Биһиги кылааска буолта биир түбэлтэ Хоту баар улуустан үөрэнэ кэлбитэ Сырдык мичээр нарыҥ көрсүө кыысчаан Бу баардыы өйдүүбүн кылаас иһибитин Учуутал арыаллаан сиэтэн киллэрбитин Билсиҥ эрэ Туйаара диэбитин Уоллун кыыстыын бары сонурлаһан бөҕө Саҥа кэлбит кыыһы тула көтө-сөҕө Хотугу саҥаны истэммит күлсэбит Ырыаҕа ылланар тапталы сыдьаайа Кыра сүрэхтэргэ күн саҕа ырааҕа Баара суоҕа бэһис кылаастар этибит Баара суоҕа бэһис кылаастар этибит Билигин саныырга көрүдьүөс да кэмнэр Оччоҕо сонньуйар аны кэлэн күлэр Кыыс уол дэһэн арахсар күннэрбит Онуохайым баара айылҕа айыыта Кыыс уоллуун сыһыана кистэлэҥ таптала Маҥнайгы күннэрэ үүннүлэр Быстах мэник оонньуу диэтэрбит даҕаны Доҕоттор умнумуох бастакы тапталы Оҕолуу килбик кыы кылгас тыллары Кылгас этилэрэ үҥкүү киэһэлэрэ Кистэлэҥ санааҕын кыыска тириэрдэргэ Баара суоҕа бэһис кылаастар этибит Баара суоҕа бэһис кылаастар этибит Сайыҥҥы сынньалаҥ оонньуу-көр күннэрэ Кылгас үрүҥ түүнүй ааһара түргэнэй Эмиэ күүтэр оскуола чуораана Ол күнтэн ылата кылаас сырдык аана Аһыллаатын кытта кэллэ кыыс Туйаара Киирэн кэлэрин мин кистээн күүтэрим Быстах мэник оонньуу диэттэрбит даҕаны Доҕоттор умнумуох бастакы тапталы Оҕолуу килбик кыы кылгас тыллары Кылгас этилэрэ үҥкүү киэһэлэрэ Кистэлэҥ санааҕын кыыска тириэрдэргэ Баара суоҕа бэһис кылаастар этибит Уоллун кыыстыын бары сонурлаһан бөҕө Саҥа кэлбит кыыһы тула көтө-сөҕө Хотугу саҥаны истэммит күлсэбит Ырыаҕа ылланар тапталы сыдьаайа Кыра сүрэхтэргэ күн саҕа ырааҕа Баара суоҕа бэһис кылаастар этибит Баара суоҕа бэһис кылаастар этибит