Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)

Аламай сааскыны аҕала
Аттыбар куруутун баар буолууй,
Күн курдук, ый курдук батыһа
Бараммат сырдыгым, эн буолууй.

Хос ырыата:

Эн буолууй, мин ырам кыната
Сайыным саймаарар салгына,
Күһүнүм көмүстээх күнүһэ,
Кыһыным кырдьыбат эрэлэ
Эн буолууй, баар буолууй…

Баар буолууй аал уотум иннигэр
Алгыс тыл алкыйар кэмигэр,
Анараа дойду да аартыга
Арыллар аналлаах чааһыгар.

Хос ырыата.

Алааһым айгыта буолаҥҥын
Аттыбар куруутун баар буолууй,
Айыы күн таҥарам буолаҥҥын
Аламай мичээргин анаарыый.

Хос ырыата.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Callisto Rule The Blood  Callisto Covenant Colours  Callisto New Canaan  Callisto Where The Spirits Tread  Callisto Dead Weight  Blood Red Throne Tortured Soul Appearance  Blood Red Throne Unleashing Hell  Blood Red Throne Gather the Dead 
О чем песня
Неизвестен - Отсутствует?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен