Сахам ата -- Якутская лошадка, они маленькие как пони и почти (исполнитель: Ваня Трофимов)

Тоҥмот-хаммат сахам ата
Тоҥуу хаартан үктэл тэбэр,
Тымныы айан иитин көрсөн
Оноҕостуу субуруйар.

Табыгырас хомус туйах
Дууһам кутун ыга тутар,
Сахам сирин кыһыҥҥыта
Иэдэстэрбин иһэлитэр.

Хос ырыата:

Кылбаҥнатан сиэлэр,
Айаннатан сүүрэр, атым —
һат! һат!
Сындыыстанан сырсар,
Сирилэтэн ситэр, сылгым —
Һат! һат!

Кэтит, дьоҕус сахам ата
Сүрэх-бэлэс мааны дэтэр,
Алаас ахсын кымньыылыырбар
Эбэн биэрэр, бырдааттанар.

Тыбыырара, айааһыыра
Силлиэ тыаллыын алтыһаллар,
Долгуһутар дьикти түгэн
Миэхэ эрэ хатыланар.

Хос ырыата:

Дьоруолатан ойор,
Долгуһутан көтөр, атым —
һат! һат!
Дьигиһитэн дайар,
Бурҕаҥнатан куотар, сылгым —
Һат! һат!
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Tristan Prettyman Say Anything  Tristan Prettyman My Oh My  Tristan Prettyman I Was Gonna Marry You  В городе твоем  Tristan Prettyman Quit You  Tristan Prettyman Bad Drug  Tristan Prettyman Come Clean  Beautiful pain eminem sia 
О чем песня
Ваня Трофимов - Сахам ата -- Якутская лошадка, они маленькие как пони и почти?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен