Алгыс ырыата (исполнитель: Антон)
Ыал буолар күҥҥүтүгэр Ыҥырыллан кэллибит, Ытык бэлиэ кэмҥитигэр Алгыс тылы этэбит. Хос ырыата: Дьоллоох буолуҥ, дьоһун-мааны ыал дэтиҥ, Үөрүү-көтүү үйэлээҕин эрэ билиҥ. Сырдык уоттаах, итии дьиэлээх Сылайбыты сынньатар, Дэлэй уйгу-быйаҥ астаах Кэрэхсэнэр ыал буолуҥ. Хос ырыата. Өйдөһөҥҥүт-өйөһөҥҥүт Өрүү маннык таптаһыҥ, Оҕолонон-урууланан «Ийэ-аҕа» дэттэриҥ. Хос ырыата. Доҕотторбут, дьоллоох буолуҥ, Дьоллоох буолуҥ!