Дьааҥым маҥан ата (исполнитель: Раиса Чирикова)
ДЬЫЫҤЫМ МАҤАН АТА Үрүҥ солко сиэллэргин Тыалга оргууй тараата Сэгэлдьийэ сүүрэҕин Сардаҥаҕа оонньото Тыал: Оо, куотуон суоҕа – диир, Ону тыыран ааһа сүүр, Хоту сирим мааныта – Мин Дьааҥым маҥан ата. Мыраан кытыл сиэлигэр, Көнө ньуурдаах иэнигэр, Ыҥырдылар ымсыырда Ырааһыйа сыырдара. Дабайбаккын – диэтэ сыыр, Ону истэн эбии күүр. Хоту сирим мааныта – Мин Дьааҥым маҥан ата. Буурҕа, чысхаан да хаайдар Аан дойдуга чиэстээххин, Силлиэ ыллаан сиксиэрдэр Барҕараҕын бар дьоҥҥор. Өссө күүскэ. Өссө! Һай! Туйахтаргын тыһат, ой! Хоту сирим мааныта – Мин Дьааҥым маҥан ата.