Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Нарын да таптал тылларын Эн миэхэ булаҥҥын этэҕин, Бу сиргэ дьиҥнээхтик таптатар Соҕотох мин буолуом дэтэҕин. Үйэлэр тухары кырдьыбат Үйэлэр тухары өлбөөрбөт, Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрин, Сүрэхтэр таптаһар тылларын Эйигин кытары өйдүүбүн, Эрэнэ сүрэхпин аһабын. Доҕоруом бу курдук наҕыллык Мин ыраах айаммын эн алҕаар, Бу курдук ураннык, уйаннык Мин чугас бэйэбин абылаар! Үйэлэр тухары кырдьыбат Үйэлэр тухары өлбөөрбөт, Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрин, Сүрэхтэр таптаһар тылларын Эйигин кытары өйдүүбүн, Эрэнэ сүрэхпин аһабын.