28 (исполнитель: Jeada)

Эн хараххар көстөн ааста сэбирдэх кэрэ үҥкүүтэ 
Ону кытары эн олоҕуҥ ойуута бүтүннүүтэ 
Биир түгэҥҥэ тэҥнэспитэ түмүгэ суох үйэҕэ 
Эн хараҕыҥ уутун нөҥүө тураҥҥын эрэ күлэҕин 
Ол курдук олоробут биhиги күнтэн күн, сылтан сыл 
Сылайары билбэккэ барыта тиэтэл-ыксал 
Сүрэхпэр тыллара кыракый эрэл кыыма эрээри 
Ааспыты мин эргитээри көрсөрүм эрэйдэри эрэ 
Этиллибит тыллары устан ааспыттара ыраатта 
Мин эдэр санаабыттан сүрэҕим сүүс төгүл кытаатта 
Ол эрэн уларыйбат уларыта сатыырым миэнэ 
Хайа да диэки хайыс барыта түөрт эргиир истиэнэ 
Истэҕин да ол ыраахха ыҥырар ырыа дорҕоонун 
Тиийэ сатыыр этиҥ билигин кэлэн тоҕо тохтоотуҥ 
Мин эппитим эйиэхэ эйэни эрэ көрдөөмө 
Бу дойдуга кинилиин кыргыыс эмиэ тэҥҥэ төрөөтө 
Онтон ылаата барыта үрүҥ уонна хараҥа 
Кыра киhини таҥнарбыта кыракый таҥарата 
Саҥарартан атыны билбэккэ кини ытыыр этэ 
Самыыр эрэ өйдүүрэ уонна кинилиин кэпсэтэрэ 
Олохпут оннук устан ааhара сатаммата чахчы 
Саҥа күнү кытта эн эрэлиҥ элбээбэккэ аччыыр 
Аны тугу этиэҥ этэй бүтэhик тылыҥ эбитэ буоллар 
Ыйытыаҥ этэ дуо эн баҕа санааҥ хаhан туоларын 
Олороҕун күнүнэн дьолу кээмэйдии-кээмэйдии 
Онтукаҥ өрүү аргыстаhар арахсыбат эрэйдиин 
Бэйэҥ эмиэ кэлэйбиккин кистии сатыыгын ол эрэн 
Хараҕыҥ уута эргиллэр эрэлэ суох кэпсээнинэн
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Замрите  Bet on it  Та сторона поломаные  Машина Времени - Однажды мир прогнется под нас  Не заменю  Парам-пам-пам  Silverstein  Clouds connected 
О чем песня
Jeada - 28?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен