Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
ХАННАҔЫН? Сергей Есенин тыллара, Сайа тылбааһа, Күннэй мелодията "Дьолуо" бөлөх толоруута Аhыйан, ыҥыран, айманан Бу ааһар күөх сааһы туппаппын… Хаһыҥҥа ылларбыт сэбирдэхтии Аны мин эдэркээн буолбаппын. Хос ырыата: Уоскуйбат мин кутум иччитэ Тойугум дуолуттан эн куоттуҥ, Ханнаҕын, ол санаам күүрээнэ, Ол иэйиим халаана, ханнаҕын? Билигин, кыраттан долгуйан, Сүрэҕим, нүөлүйэ түспэккин. Хатыҥнаах хампа күөх дойдукам, Санаабын кучуйан илпэккин. Бары да, бары да барыахпыт, Көмүс дуй тохторун сырсаммыт, Ол иһин мэлдьитин ылланнын Бу тыллаат, кэхтэри күүтэрбит.