Эн Билбэккин Миигин (иэйии ырыа) (исполнитель: Jeada)

Эн хараххар көрөбүн олох атын киhини
Төhө да оннук буолбутун иhин
Мин бүтэhик тылларбын истиий
Кистээмэ миэхэ наада санааҥ
Харахтаргын саныыбын утуйбаппын сатаан
Бастаан барыта баара, ураты киhи диирим
Билигин өйдөөтүм аhара элбэҕи ирдиирим,
Бириэмэ сиирэ, ый аайы тирэнэрим элбиирэ
Эрэнэрим аны биир эрэ - эн өйдүүбүн диириҥ,
Өйдүүбүн эн бэйэҥ олоҕуҥ эмиэ баар
Сатаан тохтообоккун онтукаҥ эмиэ тутар 
Устар санааҥ өй устун уустук таабырын
Хаhан даҕаны эн таптыаҥ суоҕа барыларын
Ырыаларбын ылыныма, ылыныый этэр тылбын
Эйиэхэ барсыбат сымыйа, албын
Эйигинэ суох баар салгын, олох устар салгыы
Быылга кубулутума тапталгын
Ким эппитэй эйиэхэ бу сиргэ барыта сымыйа диэн?
Арый эн ааны, арыый да кистээ санааны
Эн атыҥҥын, эн миигин билбэккин
Эн аатыҥ кистэлэҥ, эн аатыҥ сибэкки

 Эн билбэккин миигин, миигин эн билбэккин
Бырастыы эн олох атын киhи эбиккин
Сүрэхпин алдьаттыҥ эн бэйэҥ сэрэйбэккэ
Эйигин билбэт буолан алҕас тиийбиппин эн биэрэккэр

Эйигин көрсүбэтэҕим буоллар
Билиэм суоҕа этэ бутуйар эрэйи,
Ол эрэн сүрэҕим сэрэйэр
Эн санааҥ, кутуҥ-сүрүҥ барыта тэйитэр,
Эн буруйуҥ суох, дьайыы бэйэтэ тэнийэр
Кэпсэтиий, мин баҕар санаам уларыйыа,
Кэтэhиэм, ол эрээри баҕар бэйэҥ арыйыаҥ
Санаа5ын кистиэҥ суоҕа, мин эрэнэбин 
Дьиҥнээх бэйэҥ кэрэҕэ эрэ тирэнэрин таабырын
Дьон этэрин истимэ сүрэҕиҥ сипсийиэ
Дьикти кыыс эйигинэ суох мин тэhийиэм
Тоҕо эн миигин итинник эрээри абылаатыҥ
Буруйдуом эрэ, уруйдуом суоҕа
Ол эрэн аатыҥ санатар элбэҕи,
Икки аат,икки кытыл,икки дьикти киhи
Ол эрэн манна суох таптал аналым атын
Ол да буоллар атын буолбатым
Саҥата суох сатаан көрбөппүн мин суолтаны
Ырыа сүрүн санаата син биир арыллыбат,
Таайа сатыыбын таабырыны табыллыбат
Эн атыҥҥын, эн миигин билбэккин
Эн аатыҥ кистэлэҥ, эн аатыҥ сибэкки

 Эн билбэккин миигин,миигин эн билбэккин
Бырастыы эн олох атын киhи эбиккин
Сүрэхпин алдьаттыҥ эн бэйэҥ сэрэйбэккэ
Эйигин билбэт буолан алҕас тиийбиппин эн биэрэккэр
Мин билбэппин эйигин, эйигин билбэппин,
Бырастыы мин эмиэ атын киhи эбиппин,
Сүрэҕим алдьанна, мин бэйэм сэрэйэбин
Эйигин билбэт буолан алҕас тиийэн баран тэйэбин
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Музыка к песани  Новый омут Женский Рэп Портал Лиза Small Zambezi  Карамболина - минус татьяна шмыга  Пародия на Центр Равшан и Джамшут  Для односельчан Voldemar feat Жаман  Чебурашка на казахском  Капли дождя Идар Наурузов  Финедроиды Ферботы Финес и Ферб 
О чем песня
Jeada - Эн Билбэккин Миигин (иэйии ырыа)?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен