Дьокуускайга хаар туhэр (исполнитель: Екатерина уонна Алексей Егоровтар)

ДЬОКУУСКАЙГА ХААР ТҮҺЭР Печать    
Михаил Тимофеев тыллара

Куба маҥан, кырса маҥан хаар
Көтө-дайа сыыйыллар.
Уулуссалар, болуоссаттар хаар
Үҥкүүтүнэн сырдыыллар!..
Дьокуускайга хаар, хаар түһэр,
Чуумпу, намыын хаар түһэр!..

Санаабытын, санныбытын хаар
Сылааһынан таарыйар:
Саха сирэ, саха тыата — хаар,
Саҥыйаҕа халыҥ хаар!..
Дьокуускайга хаар, хаар түһэр,
Ыраас, саҥа хаар түһэр!..

Кыһын тыынын, тымныы тыынын наар
Кыйдыы туруо субу хаар!
Үтүө билгэ, быйаҥ буолар — хаар,
Ыра санаа, эрэл баар...
Дьокуускайга хаар, хаар түһэр,
Кыппай манан хаар түһэр!..
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Ozzy Osbourne Aimee  Ozzy Osbourne Not Going Away  Ozzy Osbourne Black Rain  Ozzy Osbourne Lay Your World on Me  Ozzy Osbourne The Almighty Dollar  Ozzy Osbourne 11 Silver  Ozzy Osbourne Civilize the Universe 
О чем песня
Екатерина уонна Алексей Егоровтар - Дьокуускайга хаар туhэр?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен