Сахам Сирэ (исполнитель: Саарын)

Үрүҥ эһэ арҕаһыныы
Үллэр бааллаах хоту байҕал
Кытылыгар айар, ыллыыр
Сахам сирэ барахсан
Сахам сирэ барахсан

Оо, төрөөбүт күндү дойдум,
Таптыыбын эн ырыаларгын.
Хара улар хааһын курдук
Аалай кыһыл сарыалгын
Аалай кыьыл сарыалгын

Олоҥхо да кыраайыгар
Эн хомуһуҥ тыаһын суохтуом,
Ханнык да сир халлааныгар
Эн сулускун мин булуом
Эн сулускун мин булуом

Ыалдьар күммэр мин аттыбар
Эн хатыҥын санаарҕаатын,
Үөрэр күммэр мин тулабар
Эн чыычааҕын ыллаатын.

Киирбэт күҥҥүн сүрэх курдук
Түөспэр өрүү илдьэ сылдьыам,
Көҥүл, модун Ийэ дойдум
Киэн дуолун сырдатыһыам
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Not A Day Goes By Lonestar  Ravers in the UK Manian  Sugarland Sugarland  Grendel Harsh Generation  Grendel Void Malign 
О чем песня
Саарын - Сахам Сирэ?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен