Сүрэхтэр кэпсииллэр (исполнитель: Fread1)

Припев:
Кердеен булуон бу ырыаларбар бэйэ5ин
Эйиэхэ анаан бу тэбэр сурэ5им
Кунум, ыйым диэбэппин - эн мин оло5ум
Бу сиргэ булбут дьолум, мин соро5ум

Эн миигиттэн ырааххын олус суохтаатым
Туунун эмиэ одуулуубун сулустарбын
Кун-дьыл бытаан сурэх эмиэ айманна
Эйигин ахтан эмиэ ыарытыйда

1 куплет
Тимирэбин оргууй дирин ыраас харахтаргар
Утары керен туран муус сурэ5и уулларар
Алыптаах уоххунан миигин эн абылааннын
Кэлбиккин сэгэриэм эн миэхэ анананнын

Таптал диэни булллум, арыйдым  дьолум аанын
Керебун онно эйигин кунду аанньалбын
Аттыбар буолларгын бириэмэ уруйэлии устар
Тохтоо бириэмэ наада миэхэ ессе биир секуундэ

Сурэхтэр кэпсииллэр, кырдьыгы этэллэр
Истиий ейдеен сурэхтэр бииргэ тэбэллэр
Эйигинниин эрэ инникибэр эрэнэбин
Эйигин керсубуппэр махталбын мин тиэрдэбин

Баар буоллун еруу сыьыаммытыгар ейдееьун 
Бэйэ бэйэни ейееьун кеме куус буолан
Санаалыын бииргэ биир киьи кэриэтэ  
Хаьан да умуллума тапталбыт кутаа уота

2 куплет
Билигин кэлэн аттыгар турабын илигиин сиэтэн
Онтон ордук туох да суо5ун - этэбин сипсийэн
Дьоллуугун миигин еруу эн уерууннэн миигин кэлгийэн 
Таптал диэни биллэрэн сылааскынан эн ириэрэн

Эйигинниин эрэ бу сиргэ дьол уеруу диэни билэбин
Хаьан да5аны сутумэ ыраах тэйэннин куотума
Тапталым миэнэ уйэлээх уостан хаалыа буолбатах
Итэ5эй сэгэриэм этэр тылым истин дирин суолталаах

Дьолум аартыга эн оло5ум суолтата эн
Эйиэхэ анаан тыллар ис сурэхтэн
Икки сурэх бииргэ тэбэрин истэбин
Оргууй кэпсэтэллэр таптыыбыт дэьэллэр

Кенул тыал илдьэ бара турар бу тыллары
Хатылана туруо5а еруу уйэ тухары
Санаам миэнэ барыта  ис сурэхтэн та5ыста
Хаьан да умуллума тапталбыт кутаа уота
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Любима школо Песня на украинском  Wake Up Bang Sung Joon  Глаза-убийцы english version Max Barskih  Лунные волки  А цыпленок  Самбука катя  Соленый вечер Гроза  Злую тучку 
О чем песня
Fread1 - Сүрэхтэр кэпсииллэр?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен