Кэскили тустуохкэ (Айгылаан т.м) (исполнитель: Сахамин Эрчим Айгылаан)
Санаа5а ылларбакка, ааспыты аахсыбакка, Хом санааны туппакка олорорго уорэниэх. Хас тыгар кун сырдыгын, хас ааьар ый кэрэтин Сурэххэ инэрэн уорууннэн эрэ сылдьыахха. Чугас аймах бар дьоннор, истин атас до5оргор Оруу сылаас мичээргин бэлэхтииргин умнума. Олох биирдэ бэриллэр, дьоллоох кэрэ тугэни Бэйэн тула5ар сыдьаайан кэскиллээх оло5у тустээ. припев:2х Тапталы эрэ бу олоххо урдуктук тутуохха, Суурэр-котор олоххо ситиьиилээх буолуохха, Ийэ, А5а дойдуга куустэх тапталы аныахха Уонна бу орто дойдуга кэскили тустуоххэ. Эн олорор олоххор, эн аартыгын суолугар Оруу тэннэ сылдьаллар уоруу уонна хомолто. Эн кытыастар кыымы сурэххэр инэрэннин Тулалыыр эн эйгэ5ин утуоннэн эрэ толор. Чугас аймах бар дьоннор, истин атас до5оргор Оруу сылаас мичээргин бэлэхтииргин умнума. Олох биирдэ бэриллэр дьоллоох кэрэ тугэни Бэйэн тула5ар сыдьаайан кэскиллээх оло5у тустээ. припев:4х Тапталы эрэ бу олоххо урдуктук тутуохха, Суурэр-котор олоххо ситиьиилээх буолуохха, Ийэ, А5а дойдуга куустэх тапталы аныахха Уонна бу орто дойдуга кэскили тустуоххэ Кэскили тустуоххэ!