Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
. Сырдык күннээх суолунан "Таптыыр оҕом барыый", — диэн Атаарбытыҥ долгуйан Алааспыттан, дьиэбиттэн. Күндү ийэм, Күн ийэм барахсан. 2. Нарын, сылаас иэйиинэн Сырдыы, үөрэ күүттэҕэ: "Аны уолум кэлиэ", — диэн Алаадьылаан эрдэҕэ Күндү ийэм, Күн ийэм барахсан. 3. Тыаллаах, хаардаах буурҕаттан Тымныйдаҕа дии санаан, Олус күүскэ тэптэҕэ Уоскуйбатах сүрэҕэ. Күндү ийэм, Күн ийэм барахсан.