Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Күөх халлаан курдук ыраас, Сааскы күн курдук сылаас, Килбик иэйэр дууһалаах Баар миэхэ — мин күндү ийэм. Күнү сырсар соруктаах, Дьолу көрдүүр аналлаах, Инникигэ эрэллээх Баар миэхэ — мин ыра санаам. Ыллыыр-туойар баҕалаах, Күлэр-үөрэр тускуллаах, Мэлдьи олох аргыстаах Баар миэхэ — мин үрдүк дьолум. Сылааһынан угуйар, Сырдыгынан ынырар, Илин тахсар, арҕаа киирэр Баар миэхэ — аламай күнүм. Ача оттоох алаастаах, Киэҥ долгуйар өрүстээх, Солко хатыҥ чараҥнаах Баар миэхэ — төрөөбүт буорум. Сүрэхпин сүүйэр алыптаах, Күүспэр өссө күүс эбэр кыахтаах, Сахалыы төрүт тыллардаах Баар миэхэ — мин аргыс ырыам!