Эн баарын олус да кэрэ (исполнитель: W1ld)

(наһаа түргэнник ааҕар, сорҕото сыыһа да буолуон сөп)
Аламай күнүнэн сэгэриэм
Бу үүммүт күҥҥэ эйиигин эрэ бары кэрэхсиэм
Киллэрбит хоһооммор эн нарыҥҥын хоһуйуом
Сахабыт сиэринэн көмүс чорооҥҥо тоһуйуом
Буол миэхэ кыталык буол нарын сибэкки
Айылҕаттан сүрэхтэппит нап-нарыҥҥын билбэккин
Эн тапталыҥ миигин аптыыра 
Суоххуна ахтылҕан ыарыыта баттыыра
Миигин таптыырын миигин дьоллууруҥ
Ыйыппакка сэрэнэҥҥин минньигэстик сыллыырыҥ
Үөһээ кынаттыыр өйбүн көтүтэр
Эйиигин өссө күүскэ таптыырга үөрэтэр
Бэлэхтиэм эйиэхэ умнуллубат түгэннэри
Тапталга билиниэм күнүстэри түүннэри
Олоҕум ыраас эйигинниин эрэ
Күүскэ таптыыбын чычаах эйиигин эрэ

Көрсүһэр күммүт ыксаан аймаан кэлэрин
Ыйдаах түүн түннүкпэр маныыбын кэтиибин
Аламай күн анныгар эйиигин кытары
Сиэттиһэн хаамсарбытын саныыбын
Эн тугу кистииргинмин сатаан таайбаппын
Ис сүрэхтэн ылынабын бэлэхтиир тапталгын
Сэгэриэм эн баарын олус да кэрэ
Бу күҥҥэ тапталым сүрэхпэр биир эрэ

Таптыыбын эйиигин хайдах бааргынан
Андаҕайабын этэбин нарын тылларбынан
Эн курдук кыыс мин сүрэхпэр соҕотох
Эйиигинэн биир уол толору дьоллоох
Куоттарбыт кэмнэрбиттэн күн сирэ биир сордоох
Мүччү туппаппын аны биир таптал биир олох
Аттыбар бааргына түргэтиир бириэмэ
Сылаас күнэ кинигэ таҥаратын кимиэхэ даҕаны биэримэ
Махтанабын дьылҕабар эн аттыбар бааргар
Дьол диэн амтанын биллэрбиккэр анныгар
Эн тускар бу ырыа ис сүрэхтэн ылланар
Итэҕэй онно эрэ эн мин эйиэхэ тапталбар
Таптал диэҥҥэ мин урут соччо итэҕэйбэт этим
Эйиигин көрсүөм иннинэ кими да билиммэт этим
Дьол тосхойон харахтарбын арыйдын
Үйэлэргэ сүрэхпэр хатаатын мичээргин
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Счастье своё в лицо я знаю - Имя  Maria Lantra - Я живу лишь тобой  Алексей Воробьев - Официантка Маша  Про нее KReeD  Николай замяткин  КДК-настроение ноль  Инь-Янь - Камикадзе 
О чем песня
W1ld - Эн баарын олус да кэрэ?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен