Махтанабын Ийэбэр (исполнитель: Павел Семенов)
Тугу этиэм этэй эһиэхэ мин - Ырыам тыла олус да сымсаата. Тулабар кыыдамныыр хаар кыырпаҕын Ытыһым үрдүгэр уулларабын. Күн-күбэй ийэбэр анааммын Арай тиэрдиэм мин үрдүк махталбын. Оҕо сааспын санаан улааппыппар, Бар дьонум алгыһын ылыммыппар. Хос ырыата: Махтанабын, махтанабын, Эйиэхэ, күн-кубэй ийэбэр! Махтанабын, махтанабын, Эһиэхэ, бар дьоммор! Хайыаҥ этэй алҕаhаабыт күммүн, Өр сурук суруйбатах буруйбун? Түүн-күнүс утуйбатах күннэргин Кэмсинэҥҥин кэлин кэпсээбэккин. Күн-күбэй ийэбэр анааммын Арай этиэм мин күүстээх тапталбын! Үөрүү-хомолто диэни билбиппэр, Олох күндүтүн эн көрдөрбүккэр. Хос ырыата.