Ыйым миигин сирдээ (исполнитель: BreakOut)
Туман быыһынан cырдыгы көрдүүбүн Ханна эрэ саһар кыһыл көмүс күммүн, Туолбат санааннан оргууйдук саарбахтыыр Тыал буолан халлааҥҥа симэлийэн хаалаахтыыр. Соҕотох туран хааллым Дьылҕа суол арахсыытыгар, Инниким биллибэт Ыйым миигин сирдээ. Аны эрэммэппин Туора албын ыллыктарга Туман,былыт быыһынан Ыйым миигин сирдээ. Сүрэх тэбэр күүһэ умуллуох буолталыыр, Ситим сүтэр сирэ номнуо ситэ сатыыр, Суруллар тылынан күл көтөр суолларынан Сулустуу умайан симэлийэн хаалаахтыыр.