Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Кэрэ кыыс, эйиэхэ Тапталы мин этиэм, Этэр тыл кэрэтин Эгэлгэ бэйэтин. Нарынын, намчытын Эйиэхэ эрэ анааммын, Сүрэҕим чопчута — Кыыс Амма. Кэрэ кыыс, мин диэки Эйэҕэстик эн көрүүй, Истиҥтэн истиҥник Эйэҕин этиий. Намыыннык, намчытык Миэхэ эрэ анааҥҥын, Сүрэҕим чопчута — Кыыс Амма. Ахтылҕан аргыстаах Ырыабын эн иһит. Үйэлээх тапталы Сүрэххэр эн иҥэр. Нарыннык, наҕыллык Үйэлэргэ уста тур эн, Сүрэҕим чопчута — Кыыс Амма.