Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Күлүмүрдэс сырдык уулаах Көлүччэни тула кыйа, Хаарыс солко таҥас кэппит Хатыҥ чараҥ кэккэлээбит. Хос ырыата: Намылыһан, наҥнарыһан Барахсаттар кэрэлэриэн, Куба кыыллыы, нарын кыыстыы Туналыһан ыраастарыан! Күнтэн түһэр көмүс кыымы, Күөйэ көтөн, кууһан ылла. Үөрүүтүттэн чэпчээбиттии, Тэлибирии суугунаата. Хос ырыата. Дьикти чуумпу нуурал киэһэ Эдэр уолчаан манҥа кэлиэ. Күүтэр таптыыр кыыһын көрсө, Истиҥ иэйии тылын эттин. Хос ырыата. Ыраас ыра, итии таптал Ымыы кута уйаланнын... Хатыҥ чараҥ чуумпу уутун Силлиэ-буурҕа аймаатын. Хос ырыата.