Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Оттуур сирим ситэр кэмэ Кэллэ, дьэ кэллэ, Кэтэспиппит биһи бары Кэрэ сайыны. Хос ырыата: Мин дууһам ыллыыр, Күөх халлаан ыллыыр. Күөрэгэйим эмиэ ыллыыр, Күнүм ыллыыр, Эмиэ ыллыыр. Кэрии тыаҕа кэҕэ этиэ , Чыычаах көрүлүө. Кэрэ кэмим тиийэн кэллэ — Күүһүм дьэ күүрүө. Хос ырыата. Хоҥор муостаахпыт — ходуһаҕа, Сыппайбыт элбиэ, Дойдум аайы, сирим аайы Үлэ ньиргийиэ. Хос ырыата.