Хатыҥчааным барахсан (исполнитель: Валерий Ноев)
Сайын хампа нуолур солко күөҕүнэн Төрөөбүт алааспар үөрэ көрсүөҕэ Оҕо сааһым бииргэ ааспыт доҕоро— Хатыҥчааным, хатыҥ барахсан. Сайа охсор салгын мүөтүн испэхтии Чараҥ устун хааман тиийиэм киниэхэ, Истиэҕим сэбирдэх солко суугунун, Хатыҥчааным, хатыҥ барахсан. «Саҥа күн тахсарын мэлдьи кзтиибин, Доҕорум кэлиэ дизн куруук күүтэбин, Умнума төрөөбүт дойдун кэрэтин, Хатыҥчааҥҥын, доҕоор, умнума». Сайын хампа нуолур солко күөҕүнэн Төрөөбүт алааспар үөрэ көрсүөҕэ Оҕо сааһым бииргэ ааспыт доҕоро — Хатыҥчааным, хатыҥ барахсан.