Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Сарсыарда үлэбэр тиэтэйэн Боруокпун атыллыах буолабын, Ким эрэ кэннибэр айманар, Тэллэхтэн тардыһар, сайыһар. Кыра-кыра, кып-кыра, Мааны-мааны, мап-мааны, Сүүрэр-көтөр туллукчааным, Кыччыгый кыысчааным. Кэбис даа, сыллыыйым, тутума, Аҕаккаҥ үлэҕэ тиэтэйэр, Кэлин эн эмиэ улаатыаҥ, Үлэҕэр тиэтэйиэҥ-саарайыаҥ. Кыра-кыра, кып-кыра, Мааны-мааны, мап-мааны, Сүүрэр-көтөр туллукчааным, Кыччыгый кыысчааным.