Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Кып-кыра күөрэгэй, Күөх оттон күүс ылан, Күөгэйэр үрдүккэ Күөрэйэн тахсаҥҥын Хос ырыата: Дьиэрэй дуу, дьиэрэй дуу Дьиримнии сылдьаҥҥын, Күөрэй дуу, күөрэй дуу, Күөрэгэй чыычааҕым. Оо, кыра эрээри Модун да күүсгээххин, Дьон-аймах дууһатын Эн үөрдэр аптааххын. Хос ырыата. Ытыспар ыламмын Ыллата турдарбын, Ол ырыаҥ сүмэтин Сүрэхпэр куттарбын! Хос ырыата.