Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Киһиэхэ — төрөөбүт сирэ, дойдута Төрөппүт ийэтин кэриэтэ: ДууҺатын ытатан, ыллатан, Норуот кырдьыгар үөрэтэр. КиҺиэхэ — төрөөбүт сирэ, дойдута Төрөппүт аҕаҕа холонор: Тоҥорон, буһаран, эрчитэн, Ньыгыл укулаат оҥорор. Киһиэхэ — төреөбүт сирэ, дойдута Таптыыр дьахтарын кэриэтэ: Кини дьоло, хомолтото Хоодуот, уйаҕас сүрэхтиир. Киһиэхэ — төрөөбүт сирэ, дойдута Төрөппүт оҕотун тэҥнээҕэ. Ити тереөбүт ийэ дойдубар Дьоһуннаан этэр тылым Сүрэхтэр аайы дьол уот кустугун саҕыахтын.